Быйыл сайын биhиги о5олорбут "Саhар5а" сынньалан уонна чэбдигирии лаа5ырыгар дуоhуйа сынньанан кэллилэр. Бастаан ыраах, атын улууска о5олорбутун ыытартан хайдах эрэ долгуйа санаабыпппыт. Онтон Розалия Егоровнаны кытта телефонунан билсэн, кэпсэтэн баран Тубэ5э барарга бигэтик быhаарыммыппыт.
Тереппуттэр "Саhар5а" лаа5ырга 3 сезон устата устэ кэлэ сырыттыбыт. Ол курдук Тубэ суола-ииhэ учугэйэ, дьикти кэрэ айыл5ата, сайа5ас сайдам дьоно-сэргэтэ биhини абылаата.
"Саhар5а" лаа5ыры о5олорбут олус кундутук саныыллар, ахталлар. Бастатан туран биhиги лаа5ыр ураты базатын бэлиэтиибит. Беhуелэктэн туспа, ийэ айыл5а киэн киэлитигэр кэккэлэhэн турар бала5ан дьиэлэргэ, ыраахтан кестер ураhа5а о5о чахчы да ебугэбит оло5ор-дьаhа5ар, сиэригэр-майгытыгар уhуйуллар. О5олорбут кемулуек угуттуур сылааhын дууhаларыгар инэринэн илдьэ сылдьалларын астынабыт.
Биhиги салгыы махтана бэлиэтиибит лаа5ыр утуе-мааны улэhиттэрин, улэни-хамнаhы тэрийээччи, сатабыллаах салайаачы Розалия Егоровнаны. О5олорбут сынньаланнарын тэрийбит иитээччилэр Наталья Андреевнаны, Татьяна Андреевнаны, Мария Петровнаны, Сардаана Николаевнаны, Владислав Руслановиhы, минньигэс астаах Кира Владимировнаны.
"Саhар5а" лаа5ыр коллектива инникитин сурдээх учугэй былааннаах. Ол курдук аны манна дьиэ кэргэнинэн кэлэн дуоhуйа сынньанан, сетуелээн, сир аhыттан самсан барар усулуобуйа тэриллиэ, оччо5уна биhиги бары аны дьиэ - кэргэнинэн сынньана кэлэр былааннаахпыт. Уунэр келуенэ ыччаты кэрэ5э, утуе5э уhуйар утуе дьыала5ыт ессе да табыллан республика араас улуустарыттан элбэх о5о сынньаныан ба5арабыт. О5ону эт-хаан еттунэн сайыннарар инниттэн, сана спортивнай площадка баар буолуон ба5арабыт. Бу улэ5э барытыгар кыттыhар Тубэ беhуелэгин олохтоохторугар улахан махтал.
Ба5арабыт лаа5ыр бары улэhиттэригэр кытаанах доруобуйаны, санаттан сана суурээннэри, идеялары, элбэх о5о саната чугдаарар олбуору.
Лаа5ыр кыынньар оло5о хаhан да уостубатын. "Саhар5а5а" Тубэ5э керсуеххэ диэри.
Лаа5ырга сынньаммыт о5олор тереппуттэрэ:
Дьокуускай куораттан Парниковтар, Уус-Алдан улууhун Боро5он сэлиэнньэтиттэн Бурцевтар, Уус-Алдан улууhун Саhылыкаан беhуелэгиттэн Бурнашевтар.